Jump to content

Үп хомуйуу 2012/Тылбаас/AdrianneW этиитэ

From Meta, a Wikimedia project coordination wiki
This page is a translated version of the page Fundraising 2012/Translation/AdrianneW Appeal and the translation is 100% complete.

1

Итиччэ улахан айымньыны хаһан да бүтэриэ суох курдугум, ол эрээри мин тартаран аахпытым. Бэһис кылааска сырыттахпытына бииргэ үөрэнэр оҕолорбутугар ханнык баҕарар тиэмэни үөрэтэрбитин сорудахтаабыттара. Мин XIX үйэ литэрэтиирэтин кэпсээбитим.

Билигин, баҕар таайбыккыт буолуо, мин университекка ааҥыл литэрэтиирэтин биэрэбин. Ону таһынан Бикипиэдьийэ үлэтигэр кыттан суруйааччылар тустарынан ыстатыйалары тупсарабын, холобур «Франкенштейн» ааптара Мэри Шелли уонна «Киэмсийии уонна киэбирии» суруйбут Джейн Остин тустарынан.

Мин Бикипиэдьийэҕэ үлэлиирим туһунан толкуйдаатахпына билиини эбэбин дии санаабаппын, учуутал курдук сананабын. Бикпиэдьийэ көмөтүнэн билиибин кылаастааҕар быдан киэҥ сиргэ тарҕатабын. Соҕотох ааспыт ыйга Джейн Остин туһунан ааҥыллыы ыстатыйаны 115 тыһыынчаттан тахсата көрдүлэр.

Университекка эгэлгэ үрдүк таһымнаах кинигэлэри көрөр кыахтаахпын. Оттон дьон үксэ ити кинигэлэри көрөр кыаҕа суох, тоҕо диэтэххэ, ол төлөбүрү ирдиир. Мин Бикипиэдьийэҕэ суруйаммын маннык сиэрэ суох быһыыны көннөрөбүн.

Мин саҥаны биллэхпинэ астынабын. Киһи куруук үөрэнэ сылдьыахтаах. Ол иһин дьон барыта билиигэ тиксэр кыахтаныахтаах диэн бигэ санаалаахпын.

Итини кытта сөбүлэһэҕин дуо? Оччоҕо, бука диэн, Бикипиэдьийэни өйүүргэ кыттыс.

Bio

Адрианна XVIII үйэтээҕи Британия литэрэтиирэтин чинчийэрКөмпүүтэр көмөтүнэн үөрэтиигэ уонна чинчийиигэ (Digital Learning and Research) аналлаах үлэни көмүскээн баран, кини биир идэлээхтэригэр Бикипиэдьийэни дьону үөрэтэргэ туһаналларыгар көмө буолар.